top of page

Жители Сунтарского района и села

Братья Насыровы

улица Братьев Насыровых

(26 апреля 2005)

Старое название Тойбохойская улица (25 сентября 1998)

          Улица им. Братьев Насыровых. Было пятеро братьев Насыровых: Алексей, Казарман, Хассан, Макар и Иван. Они родились в деревне Ново-Александровская Сунтарского района. В годы  войны братья героически сражались против захватчиков и вернулись живыми в родной Сунтар.

            В целях увековечивания памяти активных участников Великой Отечественной войны, кавалеров многих боевых наград, активных тружеников народного хозяйства братьев Насыровых переименовали улицу Тойбохойская на участке «Хомустах» на улицу имени братьев Насыровых.

 

Насыровы:

Хасан Ибрагимович, 1912 с.т.,

Алексей Ибрагимович, 1919 с.т.,

Казарман Ибрагимович, 1921 с.т.,    Бары дойдуларыгар кыайыынан эргиллибиттэр.

Макар Ибрагимович, 1925 с.т.,                             

Иван Ибрагимович, 1927 с.т.

          

 

Дьоллоох ийэ

   Мария Николаевна оҕону мохпутэ, санарбыта диэн суох. Оҕо хайаан мэниктээбэт, сүүрбэт-көппөт буолуой? Кини оҕолоро директорга эбэтэр учууталларга үҥсэн диэни билбэт этэ. Туох эмэ айдаан, иирсээн таҕыстаҕына бэйэтэ буойан, сааhылаан  кэбиhэрэ. Оҕолору кытта оннук тапсан кэпсэтэр дьоҕурдааҕа. Үс сыл устата сүүрбэччэ араас оҕону соҕотоҕун баhылаан-коhулээн илдьэ олорбута. Оччолорго билиҥҥи курдук оҕо иитээччи суоҕа.

     1941 сылтан ыла интернат тэриллибитэ. Сэрии кытаанах сылларыгар кини интернакка эмиэ да поварынан, эмиэ да остуораhынан үлэлээбитэ. Аҕыйаҕы да элбэтэн, кыраны да минньитэн астаан, сылын аайы 40-нуу оҕону собус-соҕотоҕун аhатан-сиэтэн олорбута. Оссо да үлэлиэх киhи доруобуйата мөлтөөн биэрэн 1953 сылга пенсияҕа тахсыбыта. Кини корүүтүнэн-харыйыытынан, аhатыытынан-сиэтиитинэн интернакка олорон үөрэммит үгүс оҕолор араас идэни баhылаан салайар үлэhит буола үүннүлэр.

    Мария Николаевна Насырова маҥнайгы өттүгэр эрэйдээх-кыhалҕалаах гынан баран Советскай былаас сылларыгар үчүгэй, дьоллоох олоххо олордо. Кини 1889 сыллаахха Көмүстээх Бодойбоҕо повар дьиэ кэргэнигэр төрөөбутэ. 1911 сыллаахха Сунтаарга кэлэннэр Мачыыс диэн сиргэ олохсуйбуттара. Ибрагим Насыров диэн эдэр киhиэхэ кэргэн тахсыбыта. Кини сытыы-хотуу буолан, Советскай былаас маҥнайгы сылларыгар элбэхтик үлэлээбитэ. 1925 сыллаахха Сунтаар нэhилиэгин председателин солбуйбута. Сунтаар холбоhуктаах хаhаайыстыбаны тэрийиигэ актыыбынайдык кыттыбыта.

    1930 сыллаахха «Просвет» диэн сири холбоhон табаарыстыба тэриллибитэ. «Просвет» кэлин «Партизан» диэн тыа хаhаайыстыбаннай артыалыгар уларытыллыбыта. Аан бастаан сири холбооhун улэлиир табаарыстыбалары тэрийиигэ араас хайдыhыылар уонна сыыhа-халты өйдөөhүннэр бааллара. Холобур, сахалар уолбут диэн сыhыыга, татаардар Мачыыска уонна бааhынайдар (ол аата нууччалар) Сунтаарга олохсуйуохтаахтар. Кинилэр ити сирдэргэ тус-туспа табаарыстыба тэриниэхтээхтэр дэhэллэрэ. Маннык хайдыhыыны утары Мария Николаевна Афнасий Колесниковтыын уонна нуучча Георгий Бояркинныын субэлэhэн, дьаныардаахтык охсуспута, үгүс дьахталлар ортолоругар өйдөтүү улэтин куускэ ыыппыта. Ол түмүгэр ити үөhэ ааттаммыт национальностар бука бары биир табаарыстыбаны тэриммиттэрэ, артыалга тутуспутунан киирбиттэрэ.

    Бу бочуоттаах кырдьаҕас билигин төhө да 76 сааhыгар олордор өссө да тэтиэнэх, өйө-санаата дьэҥкэ. Барыта 6 оҕолоох. Кинилэр сипит дьоно. Уолаттара ыал аҕалара, Кыыhа ыал ийэтэ. Эмээхсин 25 сиэннээх уонна 4 хос сиэннээх. Кини 3 улахан уола Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ хорсуннук сэриилэhэн, төрөөбут дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллибиттэрэ. Улахан уола Хасан Новгород куоракка олорор, сэрии имвалиида, Алексей Сунтаарга кинофикация5а үлэлиир. Кини «Кыhыл сулус» , «Албан аат III степэнэ» орденнардаах, «Хорсунун иhин» икки медаллаах.

    Кини сэриини 1942 с. саҕалаан баран 1945 с. элбэҕи бүтэриспитэ . I Белорускай фронт 161-с. полкатын 2 миномётнай ротатыгар миномётчигынан сулуспалаабыта. Кыайыы парадыгар кыттыбыта. Кини быраата Казарман Алдана госстрах инспексиятыгар үлэлиир, кыhыл сулус орденнаах уонна хорсуну иhин икки мидээллээх. Кыра уолаттара эмиэ советскай армияҕа сулууспалаан кэлбиттэрэ. Мария Николаевна интернээкка    үлэлии олорон  хас да көлүөнэ ыччаты үтүө холобурга үөрэтэн көрөн харыйан олох киэн аартыгар киллэрбитэ. Кинилэр бабушканы билигин да умнабаттар.

- энинэ бэйэлээх эдэр дьон миигин мэлдьи көрсөн кэпсэтээччилэр да мин кинилэр үгүстэрин ааттарын тыhыдьа умнаталаан кээспитим. Кимнээх этигитий диэн ыйытыахпын олус түөhэйбит эбит диэхтэрэ диэн саатабын даҕаны, -Мария Николаева үөрэ көтө кэпсиир.

    Билигин кини кырдьаҕаhынан уонна өр сылларга энкиирэ суох улэлээбитинэн пенсия ылар. Кини кырдьаҕас түөhүн ийэ албан аатын 1 стиэпэннээх орднена уонна 1941-1945 с. аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ улэҕэ килбиэнин иhин мэдэллэр киэргэтэллэр

 

 

                                                                           Д. Попов, Н. Сергеев

bottom of page