top of page

Жители Сунтарского района и села

Братья Матвеевы

улица Ивана Матвеева

Түөрт бырааттыы Матвеевтар

      Сунтаар сэлиэнньэтин былыргы историческай  сиригэр Бэрэҕэ Матвеевтар уустара хас да үйэ олохсуйан ууһаан тэнийэн олорбуттара. Айылҕаттан күүстээх - уохтаах  уонна байанайдаах бул чуттарынан биллэллэрэ. Бары сүөһү-сылгы ииттинэн, булдунан дьарыктанан сэниэ ыаллар этилэр. Советскай былаас олохтоммутугар Матвеевтар бары дьиэ-кэргэнинэн «Папанин» колхозка киирбиттэрэ. Колхоз төһүү үлэһиттэрэ этилэр. Оҕолор бары Бэрэттэн Сунтаар оскуолатыгар сатыы хааман үөрэнэллэрэ.

      Матвеевтар уруулара Сунтаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Павлов Семен Гаврильевич аймахтарын туһунан истиҥник ахтар: «Хонооһой бэйэтин лаппа кыанар күүстээх киһи диэн кэпсииллэр этэ. Папанин аатынан колхозка сылгыһыттаан сылдьан хайдахтаах да хаҥыл, тэһии сылгыны көҕүлүттэн ыллар эрэ, олох хамсаппат этэ диэн оччотооҕу кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Ийэлэрэ Өкүлүүн колхозка ыанньыксытынан, арыыһытынан үлэлээн эмиэ биир бастыҥ үлэһиттэр ахсааннарыгар киирсэрэ. Үтүө үлэһит буолан дэлэҕэ тойук хоһоонноругар киириэ дуо?

Үчүгэй, үчүгэй Өкүлүүн.

Үстүүр илии үрүттээх,

Үстүүр чабычах үүттэрдээх,

Үгүс үтүрүм ынахтаах ,

–диэн Дмитрий Алексеевич Федотов-Хойгуо Миитэрэй туойан, ыллаан ааһарын оҕо сылдьан элбэхтик истэн эт кулгааҕым элэйбитэ. Матвеевтар бары да майгыларынан уонна киһи быһыытынан үтүө-мааны дьоннор.  Хонооһойдоох Өкүлүүн 4 уолаттара сэриигэ кыттыбыттара. Икки улахаттар Григорий, Степан уоттаах сэрии толоонуттан эргиллибэтэхтэрэ».

    1941 сыллаахха Аҕа Дойду Улуу сэриитэ Бэрэҕэ олорор колхозтаахтар дьиэлэригэр тоҕо ааҥнаан киирбитэ. «Папанин» колхоз чулуу уолаттара Ийэ дойдуларын көмүскүү аттаммыттара. Сунтаар ньургун чулуулара, эдэрдэрэ бары сэриигэ барбыттара.  Сэрии бастакы хомууругар улахан уол Григорий  барбыта. 1921 сыллаах төрүөх,  7 кылаас үөрэхтээх комсомолец  этэ. 1944 сыллаахха алтынньыга сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Хомойуох иһин ханна да көмүллүбүтэ биллибэт.

      1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар орто уол Степан сэриигэ тылланан барбыта. 1923 сыллаах төрүөх, 7 кылаас үөрэхтээх, комсомолец этэ. Сунтаарга ис дьыала отделыгар милициялыы сылдьыбыта. Кини сержант, отделение командира буолбута. Саха уола итинник байыаннай званиеҕа тиийэ сэриилэспитэ кини мындыр өйдөөҕүн, хорсунун туоһулуур. Степан Ленинградскай фроҥҥа сэриилэспит, түөрт төгүл бааһыран госпиталларга эмтэнэн үтүөрэн тахса-тахса сэриилэспит. Степан бүтэһик бааһырыытын эмтэнэн тахсарыгар дьонугар тиһэх суругун суруйбут. Сурукка сарсын чааспар бараары олоробун диэбит. Илиҥҥи Пруссияҕа Руссен куоракка сэриилэһэ сылдьан 1944 сыллаахха алтынньыга өлбүт. Степан убайын Григорийдыын биир сыл  биир ый иккиэн суох буолбуттар-алтынньы ый 1944 сыл Матвеевтар икки уолаттара Ийэ Дойдуларын иһин олохторун биэрбиттэрэ... Өлбүт кэмнэрэ сөп түбэспитэ хайдах эрэ сибээстээх курдук көстөр. Уоттаах сэрии биир кэмҥэ икки бырааттыылары иккиэннэрин илдьэ барбыта...

      Үлэ фронугар колхозтаахтар аччык аҥардаах сылдьан кыайыы туһугар бэйэлэрин кэрэйбэккэ үлэлииллэрэ. Сунтаар оройуонугар олох ыараабыта, дьон өлүүтэ элбэх этэ. Итинник ыар усулуобуйаҕа бары колхозтаахтар үлэлээбиттэрэ. 1944 сыл сайыныгар Матвеевтар кыра уолаттара Гаврил, Спиридон Японияны кытары сэриигэ барбыттара. Гаврил капитан званиеламмыта, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн, онтон Спиридон «Аҕа дойду сэриитин» II ст. орденынан, «Японияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттара.  Гаврил Матвеевтарын удьуордаан күүстээх этэ. Кини улахан күрбэ тааһы соҕотоҕун ылан массыынаҕа уурбутун туһунан хойукка дылы ахтан кэпсииллэрэ. Кинилэр оҕолоро улаатан бары дьоһун-мааны ыаллар. Элбэх сиэн, хос сиэн Матвеевтар уустарын салҕыыллар. Кинилэр өбүгэлэрин сирин-Бэрэни кытары ситимнэрин быспаттар.  Матвеевтар саамай кыра уоллара - экономическай наука доктора Иван Афанасьевич 2007 сыллаахха  көҕүлээһининэн  сэриигэ баран кыттыбыт убайдарыгар, аймахтарыгар уонна биир дойдулаахтарыгар өйдөбүнньүк сэргэни төрөөбүт-үөскээбит Бэрэлэригэр туруорбуттара. Бу өйдөбүнньүк көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ дьоҥҥо-сэргэҕэ Аҕа Дойду Улуу сэриитин, кини аҕалбыт ыар сүтүктэрин саната туруоҕа.


Александра ПАВЛОВА

bottom of page