top of page

Жители Сунтарского района и села

Ананьев Николай 

Константинович

улица Николая Ананьева

(25 апреля 2000)

Старое название Чапаева улица

      Ананьев Николай Константинович с февраля по март 1943 года участвовал в боях у озера Ильмень в составе Особого отдельного лыжного полка в качестве автоматчика. Попал в плен после тяжелого ранения. Содержался в лагерях военнопленных до 1945 года. Освобожден 9 мая 1945 года американскими войсками. Испытал все тяготы и ужасы военного плена.              Прибыл в родное село в 1946 году. Работал бессменным бригадиром совхоза «Сунтарский». Награжден Орденом Красной Звезды в 1975 году, был депутатом Сунтарского сельского совета народных депутатов нескольких созывов. Пользовался особым уважением населения села Сунтар. По ходатайству Совета ветеранов Сунтарского района -  за особый вклад в развитие села, учитывая его боевые заслуги, восхищаясь его выдержкой, мужеством, которое позволило выжить в тяжелые годы плена, было решено назвать в его честь одну из улиц родного села. Николай Константинович умер из-за тяжелой болезни в 1980 году. Воспитал 8 детей, имеет много внуков и правнуков, которые с честью носят его фамилию.

            Также его именем названа улица в с. Туойдах.

 

Модун санаа күүһэ дьылҕатын уларыппыта

    Киһи инникитин тымтыктанан көрбүтэ суох. Оччолорго аҕыйах кэминэн аан дойдуну атыйахтаах уу курдук аймаабыт сэрии саҕаланыа, саҥа туран эрэр ньургун уолаттарбытын уоттаах сэрии толоонугар ыҥырыллыахтара, сорохторо онно букатыннаахтык хаалыахтара, сорохторо кыайыы көтөллөнөн дойдуларыгар эргиллиэхтэрэ, сорохторо билиэҥҥэ түбэһэн эрэйи-муҥу муннуларынан тыырыахтара диэн ким билбитэ баарай? Сэрии холоруга төһөлөөх киһини кэрэгэй дьылҕалаабыта, күүтэр сүрэх эрэлин күдэҥҥэ көтүппүтэ, төрүөхтээх оҕо төлкөтүн төннөрбүтэ буолуой?!

  Биһиги биир дойдулаахпыт Николай Константинович Ананьев сэрии эрэйин-муҥун бэйэтин этинэн-хаанынан, сүрэҕинэн, дууһатынан толору билбитэ.  

   Кини 1919 сыллаахха ыам ыйын 22 күнүгэр, ийэ айылҕабыт силигилии уһуктан эрдэҕинэ, айылҕа маанылаан айбыт, Тэҥкэ нэһилиэгэр Константин уонна Евдокия Отчутовтар дьиэ кэргэттэригэр иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ньукулай эһэтин аатынан Ананьев диэн араспаанньаламмыт. Кини иннинэ элбэх уол оҕо төрөөн төннүбүттэр эбит. Ол иһин  абааһыттан күрэтэн, аймахтарыгар ииттэрбиттэр, онон эдьиийдэрин хоонньугар улааппыт. Ойор күннээх оҕо сааһа Тэҥкэҕэ ааспыта. Оччотооҕу ыччат сиэринэн Ньукулай эдэр сааһыттан үлэҕэ эриллэн үөскээбитэ. Киһи быһыытынан элэккэй майгылаах, сайаҕас, саҥалаах-иҥэлээх уолу дьон сэргэ олус сөбүлүүрэ. Сэрии иннигэр кини колхоз араас үлэтигэр, лааппыга үлэлээбитэ, ликбезкэ дьону үөрэппитэ.    

    Дьэ, ол сылдьан Ньукулай, 1942 сыллаахха, уоттаах сэриигэ ыҥырыллан барар. Кини түбэспит 19 хайыһар биригээдэтигэр баһыйар өттүлэрэ сахалар этилэр, Ньукулай 2-с хайыһар батальонун, 3-с ротатын састаабыгар автоматчигынан сулууспалыыр.  Тохсунньу  10 күнүгэр 1943 сыллаахха 19-с хайыһар биригээдэтэ фроҥҥа турунар. Кинилэр улуу Ильмень күөлү туораан Старай русса туһаайыытынан кимэн  киириэхтээхтэрэ. Манна өстөөхтөр улахан охсууну оҥорон, биһиги дьоммут элбэх ыар сүтүктэммиттэрэ. Ордон хаалбыт дьон, төһө да ыараханнык бааһырдаллар, хас да күн сэриилэһэ сыппыттар.  Бу хайыһар биригээдэтигэр сылдьыбыт саха уолаттара үгүстэрэ дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ, сорохтор сураҕа суох сүппүттэрэ, сорохтор билиэҥҥэ түбэспиттэрэ. Ньукулай снаряд дэлби тэбиитигэр ыараханнык бааһыран билиэҥҥэ түбэһэр. Ити 1943 сыл кулун тутар 28 күнэ этэ. Дьэ итинтэн ылата икки  сылтан ордук эрэйи-муҥу эҥэринэн тэлбит билиэн ыар олоҕо саҕаламмыта. Ньукулай оҕолоругар: «нуучча норуотун куһаҕаннык саҥарымаҥ, кинилэр баар буолан тыыннаах хаалбытым. Немецтэр билиэҥҥэ түбэспит бааһырбыт дьону ытыалаан иһэллэрэ, миигин нуучча  уолаттара икки өттүбүттэн өйөөн туруораллара, оттон билиэннэй нуучча фельдшер уола снаряд осколоктарын хостоору бааспын ириҥэрдэн, эмтээн киһи буолтум» - диирэ.  

   1993 сыллаахха оҕолоро республика КСБ комитетыгар запрос оҥорон билбиттэринэн, Ньукулай бастаан байыаннай билиэннэйдэр лааҕырдарыгар Латвияҕа Двина куоракка, онтон Хотугу германияҕа везермюнд концентрационнай лааҕырга сылдьыбыт. Кыайыы буолбутугар хотторбут немецтэр билиэннэйдэри баарсаҕа тиэйэн тимирдээри турдахтарына Америка саллааттара кэлэн быыһаабыттар. Ол эрээри билиэн соро-муҥа Ньукулайга 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүнэн бүппэтэҕэ, салгыы дьыалата бэрэбиэркэлэнэр диэн, 1946 сыл муус устар ыйыгар дылы, Киргизияҕа Ош уобалаһыгар Кызыл Кия куоратыгар чоҕу хостуур шахтаҕа үлэлээбитэ. Дойдутугар төннүүтэ эмиэ туспа остуоруйалаах эбит. Бэрт элбэх моһоллору көрсөн, ити сыл сайыныгар, дойдутун буоругар үктэнэр.

  Сэрии кэннэ, дьон бары өрө күүрүүлээхтик, көхтөөхтүк үлэҕэ туруммуттара, ааспыт сэрии охсуутун түргэнник оһорон, эйэлээх олоҕу тутар түбүккэ түспүттэрэ. Ньукулай да онтон туораабатаҕа, кэлээт да колхоһун үлэтигэр оройунан түһэр.

   Онтон эдэр киһи 1948 сыллаахха Сунтаарга эт-үүт хонтуоратыгар рабочайынан киирэр. Сатабыллаах, үлэһит киһини бэлиэтии көрөн эппиэттээх үлэлэргэ өрө таһаараллар. Бу кэмҥэ кини олоҕун аргыһын, Кириэстээхтэн төрүттээх, ис-иһиттэн сырдык, намыын Иванова Мария Иннокентьевнаны кытта билсэн, ыал буолаллар. Мария сэрии саҕана колхозка үлэлээбит. 1946 сыллаахха Сунтаарга Тыһакыыстан сатыы киирэн бастаан утаа остолобуойга үлэлээбит. Онтон пенсияҕа тахсыар диэри санаторнай детсадка үлэлээбитэ. Кини кэргэн, ийэ быһыытынан оҕолоругар ийэҕэ-аҕаҕа ытыктабылы, бэйэ-бэйэҕэ харыстабыллаах сыһыаны ииппитэ. Оҕолоро саныылларынан, аҕалара үлэтиттэн кэлиэр диэри ким да аһаабат, ол иһин кини кэлэрин олбуор үрдүгэр тахсан «дьуһуурунайдыыллар» эбит. Кэлэн иһэрин көрдүлэр да, «дьуһуурунай» сигналынан, остуол тардаллар. Элбэх оҕо айдаана, мэнигэ-тэнигэ ханна барыай, оччоҕуна ардыгар, ийэлэрэ «аҕаҕыт утуйа сытар, айдаарымаҥ» - дии-дии көхөҕө ыйанан турар аҕаларын сонун көрдөрдөҕүнэ, оҕолор чуумпуран, атахтарын төбөтүнэн сылдьаллара, онтуктара бэйэтэ суох, соно эрэ баар буолар эбит. «Аҕабыт бэл соно бэрээдэги тутара» - диэн оҕолоро күлэллэр. 

       «Биһиэхэ аҕабыт  таҥара кэриэтэ этэ, үлэҕэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыанынан биһигини элбэххэ үөрэппитэ» - дииллэр оҕолоро. Аҕалара дьиэтигэр кыра мас буочукаларга улахан үүнээйилэри үүннэрэн, онтуктарын көрөрүн-харайарын наһаа таптыыр этэ диэн ахталлар.

  1961 сыллаахха Николай Константинович Ананьев үтүө аата реабилитацияламмыта. Историк Петров Д. Д. 1968 сыллаахха «Якутяне в боях за озеро Ильмень» диэн кинигэни таһааттарбыта, манна арыллыбыт историческай чахчылар киэҥ араҥаҕа биллибиттэрэ. Ол билиэҥҥэ сылдьыбыттарын иһин туоратыллыбыт, атаҕастаммыт дьоҥҥо сыһыаны сымнатарга эмиэ төһүү буолбута. Николай Константинович ол кэмнэри ахтарын сөбүлээбэт этэ, оҕолоро да ыйыттахтарына «ону тоҕо ыйытаҕыт» - диэн   кэбиһэр эбит. «Кыайыы күнэ буоллаҕына саҥата-иҥэтэ суох хоһугар киирэн сытааччы, эбэтэр тахсан дьиэтин сабараанньатыгар соҥуоран олорор буолааччы. Кэлин, ол күн, үлэлии баран хаалар этэ. Илиитигэр концлаааҕырга фашистар туруорбут нүөмэрдээҕиттэн кыбыстан наар уһун сиэхтээх ырбаахыны кэтээччи» - диэн оҕолоро саныыллар. Ардыгар дьиэлэригэр эмиэ бэйэтин курдук билиэҥҥэ сылдьыбыт дьон кэлэн көрсөн бараллара үһү.

       «Сэбиэскэй саҕана» диир кэммитигэр билиэн түбэспиттэрбэккэ сыһыан хойукка дылы ыарахан этэ. Ол төрүөтүнэн сэрии саҕаланыыта тахсыбыт НКВД, НКГБ уонна генпрокурор таһаарбыт бирикээстэрэ буолбута. Ол бирикээскэ этиллэринэн билиэн түбэспит сэбиэскэй саллааттар «таҥнарыахсыттарынан» ааҕыллыбыттара. Инньэ гынан бу дьон сир халлаан анныгар быраҕыллан, эрэймуҥ бөҕөтүн көрсүбүттэрэ. Кыайыы кэннэ «таҥнарыахсыт», «норуот өстөөҕө» дьаралыктанан эйэлээх олоххо төннүбүт дьон төһөлөөх санаа ыар баттыгар сылдьыбыттарын арай бэйэлэрэ эрэ билэн эрдэхтэрэ. Кыайыы хас өрөгөйдөөх үбүлүөйэ уруйданан-айхалланан кэллэҕин ахсын кинилэр бу бырааһынньыкка кыттыспаттара, туора көрүллүөхпүт диэн  сананаллара буолаахтыа... Ол санаалара дууһа моруута буолан эрэйдээн, кэбирэтэн олохторун кылгаттаҕа.        

     60-70 сылларга эргин Ильмень күөл таһынааҕы дэриэбинэ пионердарыттан сурук тиийэн кэлбит. Онно маннык этиллибит: «Ытыктабыллаах Николай Константинович! Биһиги, эн сэриилэспит  дэриэбинэҥ пионердара, эйигин ытыктыыбыт уонна эйигинэн киэн туттабыт. Сатанар буоллаҕына кэлэ сырыт, бочуоттаах пионер оҥоробут». Төһө да онно бара сылдьыбатаҕын иһин оҕолор суруктара киниэхэ эрэли, ыраас санааны сахпыта саарбаҕа суох.

        Николай Константинович араас сылларга «Сунтаар» совхозка эппиэттээх үлэлэргэ сылдьыбыта. Кини хаһан да бириэмэни аахсыбакка, туох баар сатабылын, күүһүн-уоҕун биэрэн туран совхоһум, дьонум туһа диэн үлэлиирэ. Николай Константинович ис дууһатыттан ылсан ханнык баҕарар үлэни үлэлиирэ кэккэ сылларга араас грамоталарынан, махтал суруктарынан, сыаналаах бэлэхтэринэн бэлиэтэммитэ. Онтон кини  үтүө суобастаах үлэтин иһин Советскай Союз үрдүк бэлиэтинэн - Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаламмыта. Оччолорго маннык үрдүк наҕараадаҕа тиксэр уустук этэ. Николай Константинович бэйэни харыстаммат сыралаах үлэтинэн ону толору дакаастаан ити үрдүк наҕарааданы ылыан ылбыта.

   Николай Константинович таптыыр кэргэнинээн Мария Иннокентьевналыын эн-мин дэһэн, бэйэ-бэйэлэрин харыстаһан 30-тан тахса сыл толору дьоллоохтук олорбуттара. Ол олорбуттарын тухары Мария Иннокентьевна  таптыыр кэргэнигэр дьиҥнээх бөҕө тыыл, көмө буолбута. Нэһилиэк биир бас-көс, ытыктанар ыаллара этилэр.  Оҕолор бары үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, билигин бэйэлэрэ ытыктанар ыаллар, ийэ-аҕа, эбэ-эһэ буолан олороллор, төрдүлэрин уустарын тэнитэллэр. Эбэлэрин-эһэлэрин олоҕун элбэх сиэннэрэ, хос сиэннэрэ салгыыллар. Кинилэргэ төрөппүттэрин, эбэлэрин-эһэлэрин олорбут олохторо өрүү үтүө холобур буола туруо.

      Өбүгэлэрбит «Уол оҕо биир күн ат үрдүгэр, биир күн ат үрдүгэр» диэн бэргэн этиилэрэ, Николай Константинович олорбут улахан, дьоһуннаах олоҕун кэрэһэлиир. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри коммунизм идеалларыгар толору бэриниилээҕэ, төһө да ол кэмнээҕи былаастан күөмчүлэннэр, хаһан да ону санаатыгар тутан өс-саас оҥостубатаҕа, дьиҥнээх коммунистыы «курустаал таас курдук ыраас», бигэ санаалааҕа. Николай Константинович 1980 сыллаахха атырдьах ыйын 17 күнүгэр үлэлээбит совхоһун партийнай комитетын секретарыгар Тимофеев Иннокентий Егоровичка чиэһин, суобаһын кэриэтэ харыстаан илдьэ сылдьыбыт партийнай билиэтин туттаран бу дойдуттан букатыннаахтык барбыта.

        Николай Константинович үлэһитинэн, үтүө-мааны майгытынан кыаммат кыра-хара дьоҥҥо мэлдьи көмө, өйөбүл, сүбэ-ама буолан дьон сэргэ ытыктабылын ылара. Дьон туһугар оҥорбут үтүөтэ-өҥөтө хаһан да өйтөн сүрэхтэн сүтүө суоҕа. Кыайыы 55 сылын көрсө Сунтаарга кини аатын үлэлээбит түөлбэтин биир уулуссатыгар иҥэрэн үйэтиппиттэрэ.  

 

Ирина СИВЦЕВА
 

image466.jpg
img626.jpg
img180.jpg
семья.jpg
bottom of page